Кыыл-сүөл тоҕо сүттэ?
- Просмотров: 5049
Дьааҥы эҥээр “Эмиэрикэтээҕи уһун кутуруктаах” диэн көрүҥ үөскүүр. Кини хайаны сатаан дабайбат.
-- Дьабарааскы олохтоох кыыл дуо?
-- Оннук.
-- Оттон кырыыса?
-- Кырыыса 70-с сылларга кэлбитэ. Кини түргэнник дьиэтийэр кыыл. Ичигэс сирдэргэ син үөскүүр. Ол гынан баран, санэпиднадзордар хонтуруоллууллар. Оттон дьиэ таһыгар төрүүр-ууһуур кырыыса, үксүн кыһын тоҥон өлө сытарын көрүөххэ сөп. Итиэннэ, кинини дьэллик ыттар туталлар.
Сарыы кынат икки күүдээх икки
-- Сарыы кынат (көтөр кутуйах) диэммит билигин баар дуу, суох дуу?
-- Баар. Эстиэҕинээҕэр, хата, саҥа, соҕурууҥҥу көрүҥнэр эбии кэлэллэр: “Ночницы Иконникова”, “Бурый ушан” уо.д.а. “Кэллилэр” диир, баҕар, алҕас буолуо, “бэлиэтэннилэр” диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, кини киһи хараҕар мээнэ көстүбэт. Инньэ гынан, баар да көрүҥү саҥа була сатыыр буолуохпутун эмиэ сөп.
-- Оттон күүдээх? Урут сыһыы аайы дэлэй буолара ээ.
-- Саха сиригэр күүдээх уонтан тахса көрүҥэ билигин да баар, үөскүүр.
Туртас туһунан
-- Туртас эмиэ куобах курдук үөскүүрдээх-үөскээбэттээх дуу?
-- Оннук. Үөскүүр-үөскээбэт кэмнээх буолар. Дьиҥэр, кини куобахтан быдан түргэнник үөскүүр кыахтаах. Ол гынан баран, биһиги айылҕабыт тыйыс. Үчүгэй, үтүө дьылларга эбиллэр.
-- Арба, иллэрээ сыл биир кэмҥэ Өлүөнэни сүүһүнэн туртас туораан турардааҕа. Хайдах ити кинилэр сүүһүнэн үөрдээтилэр?
-- Дьэ, итиннэ туох эрэ дьикти баар. Хас эмэ сыл буолан баран биирдэ тоҕо анньан кэлэр. Ол, иллэрээ сыллааҕы киирии кэнниттэн, биһиги, “Саха сиригэр урут маннык буола сылдьыбыта дуу?” диэн литэрэтиирэни хасыһан көрбүппүт. Онтубут, урут оннук суох эбит. Оттон маннык курдук түбэлтэ 60-с сылларга Зея өрүскэ (Амурга) буолбут. Онно эмиэ, күһүн кыдьымах киирэ турдаҕына сүүһүнэн туртас туораабыт. Ол төрүөтүн чопчу быһаарар кыах суох. Аһа-үөлэ баарга дылы этэ. Онон баҕар, Амур диэкиттэн ааһан иһэр туртастар буолуо, баҕар, туох эрэ “сигнал” киирэн инньэ гыммыттара буолуо.
Биһиэхэ итинник көстүү сэдэх буоллаҕына, Красноярскай диэки “туртас сезонунан көһүүтэ” диэн баар буолар.
Кыыл таба
-- Кыыл таба суола-ииһэ тоҕо уларыйда уонна аҕыйаата?
-- Дьааҥы-Индигиир популяциятын, арааһа, уларыта тутуу сылларыгар аһара кырган кэбистилэр. Сорох дьон ол табаны “Чукотка диэки көстө” диир эрээри, мин ону итэҕэйбэппин. Өскөтүн Дьааҥы-Индигиир бииһэ Чукотка диэки барбыта буоллар, кини иннинэ Сундуруун табата эмиэ барыахтаах этэ. Оттон Сундуруун киэнэ – турар.
Кыыл таба “муора арыытыгар киирэр” диэн буолар. Ол эрээри, кэлин кинилэр муораҕа да киирбэт буоллулар. Чугаһаан, киирэн баран биир-хас күн буолан баран төттөрү төннөн тахсаллар. Ону биһиги спутник нөҥүө көрөбүт, булчуттар даҕаны кэпсииллэр. Холобур, быйыл Өлүөнэ төрдүгэр Чекановскайга киирэн аҕыйах хонук буолан тахсыбыттара.
Иллэрээ сыл дьикти баҕайы дьыл кэлэн ааспыта. 30-ча тыһыынча үөрдээх кыыл таба Өлөөнү ааһан, Силигир үрэх тардыытыгар туран баран, төттөрү, үөһэ тахсан Күһүүргэ кыстаабыта. Сорохторо хайдан, Ээйигинэн Удачнайга киирбиттэрэ, аҥаардара Мархараҕа кэлэн тохтообута, Ньурбанан ааспыттара. 70-80-с сылларга, кыыл таба, дьиҥинэн, Силигиринэн, Мууна Баһынан кыстыыра. Оттон билигин Мархараҕа киирэр буолла. Ол, уопсайынан, айылҕа уларыйыытын кытта сибээстээх.
-- Оттон кыыл таба тоҕо туундараҕа кыстаабатый?
-- Туундараҕа, тибии тибэн хаар үрдэ кытаатар. Онон кини хаары хаһан аһыыра уустугурар. Инньэ гынан, көп хаардаах сири сырсан иһирдьэ диэки киирэр.
-- Иннокентий Михайлович, кэпсээниҥ иһин махтал.
Кэпсэттэ А.Капрынов.
http://www.kyym.ru