Кыыл-сүөл тоҕо сүттэ?
- Просмотров: 5120
10-15 сылга айылҕабыт биллэ уларыйда. Ону бары бэркэ диэн билэ сылдьар буолуохтааххыт. Судургу холобур, урут уонча, сүүрбэччэ сыллааҕыта кыһын ахсынньы-тохсунньу ыйга ортотунан 45-55 кыраадыс тымныы буолар эбит буоллаҕына, билигин -30-тан бэрт аҕыйахтык тахсар. Биирдэ эмэ -45 буоллаҕына тоҥон өлөөрү тииһэбит. Дьэ ол оннугар соҕуруу дойдуларга тымныйар идэлэннэ. Били, өйдүүр инигит, иллэрээ сыл Африкаҕа уонна Австралияҕа хаардаабытын. Киһи бөҕө өлбүтэ. Европа дойдулара кыһыннары-сайыннары ууга барар идэлэннилэр. Ол оннугар биһиги курааҥҥа буһабыт-хатабыт,
аһыҥаҕа сиэтэбит, ардыгар, соһуччу ууга барабыт, ардыгар “бүтэһик тыһыынчабыт туолан эрэр дуу?” диэн санаалар кытта киирэн тахсыталыыллар. Маннык соһуччу уларыйыылартан аҥаардас киһи аймах эрэ эмсэҕэлээбэт. Кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр майгыта-сигилитэ, ыыра, аһылыга, олохсуйар сирэ-уота эмиэ уларыйар, кэһиллэр. Холобур, киин улуустарга урут куобах диэн кыыллаах этибит. Онтубут тамты эһиннэ. Аны туран, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах, итии дойду көтөрө фламинго кэлэн соһутар. Сүүһүнэн үөрдээх туртас хантан кэлбитэ биллибэккэ тоҕо анньан ааһар. Эһэ-бөрө мэнээктиир. Быһата, көннөрү дьон улаханнык өйдөөбөт уларыйыыларбыт буола тураллар. Кыыл-сүөл майгыта, ыыра-ахсаана тоҕо уларыйбытын билээри Криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун Үүт аһылыктаахтар экологияларын лабораториятын салайааччыта, биология билимин хандьыдаата Иннокентий Михайлович Охлопковы кытта кэпсэттим.
Куобах үөскүө?
-- Иннокентий Михайлович, бэйэҥ да билэриҥ курдук, айылҕабыт күн-түүн уларыйа турар. Оттон ол кыыл-сүөл туругар эмиэ охсор. Холобур, киин уонна илин эҥээр улуустарга куобах уонча сыллааҕыта эстибитэ уонна билигин даҕаны үөскүү илик. Тоҕо оннук буолла?
-- Биһиги ол кыһалҕаны үөрэппиппит. Уопсайынан, куобах бэйэтэ ханнык эрэ кэмҥэ үөскүүр-үөскээбэт кэрдиис кэмнээх. Онто, быһа холоон, 11-12 сыл. Ол кэнниттэн 4-5 сыл иһигэр иккиһин көбөн, үөскээн кэлэн баран, аһылыгын барытын сиэн кэбиһэр, ыалдьар-хайыыр, сорох ардыгар иссибэт да буолан хаалар уонна эмиэ эстэр. Саха сирин киин улуустарыгар дьон аһара бултаан били кэрдииһин кэһэн кэбиһэллэр. Инньэ гынан, саҥа үөскүөх курдук гынан иһэн эмиэ мэлийэн хаалыр.
-- Киин улуустарга уонна илин эҥээргэ хаһан эмэ куобах иккиһин үөскүө дуу, суох дуу?
-- Бу тиэмэҕэ үгүс үлэ суруллубута. Сотору, кэмэ кэллэҕинэ, урукку курдук үөскүө дии саныыбын. Мин санаабар, аны 4-5 сылынан буоллаҕа буолуо.
-- Оттон ол үөскүүр-үөскээбэт кэмэ тугу кытта сибээстээҕий?
-- Кини кураан дьылга үөскүүр. Оттон кураан – күн актыыбынаһыттан тутулуктаах. Онон куобах күн актыыбынаһа түһүүтэ элбиир.
Күтэр барахсан
-- Урут, оҕо сырыттахха, бааһынаҕа, хортуоппуй буолатыгар күтэр диэн “табаарыс” хара баһаам буолара ээ. Ол барахсаммыт ханна бараахтаата? Кэлин биири да көрбөт буоллум.
-- Кырдьык, күтэр кэлин көстүбэт буолла. Бастатан туран, урут күтэр “буортулааччылар” ахсааннарыгар киирэн, кинини суох гынар үлэ күүскэ ыытыллыбыта. Химикатынан эҥин. Иккиһинэн, өссө да ситэ үөрэтэ илик да буолларбыт, андаатары кытта конкуренцияны тулуйбата быһыылаах диэн сабаҕалыыбыт.
Андаатар баҕайы уонна киис туһунан
-- Оттон андаатар тоҕо мэнээктээтэ?
-- Андаатар – кэлии кыыл. Оттон саҥа, кэлии кыыл саҥа усулуобуйаҕа тыыннаах хаалар туһуттан бэйэтин олус харыстанар, көмүскэнэр, төрүү-ууһуу сатыыр. Ол иһин элбиир. Ону таһынан, билигин андаатар тириитэ аанньа ахтыллыбат буолан – бултаммат. Ити эмиэ кини элбииригэр төрүөт буолар.
-- Өскөтүн кыыл-сүөл аһара элбиир түгэнигэр, эһиги ону хонтуруоллуур бырааптааххыт дуо?
-- Баар. Билигин кэлии кыыл (чужеродный вид) аан дойду кыһалҕата буолла. Холобур, Эмиэрикэ күөллэригэр карп балыгы ыыппыттара. Ол балыктара атын балык үөскүүрүн мэһэйдиир – ыаматын сиир. Дьоппуоннар эмиэ андаатартан улаханнык эмсэҕэлээтилэр. Онно андаатары бастаан утаа саллааттарга сиэтээри киллэрбиттэр эбит. Новосибирскайга буобура мэнээктээн сири-дойдуну, дьон олорор сирин ууга ыытта.
-- Оччоҕуна андаатары тоҕо эһэн кэбиспэппитий?
-- Билиҥҥитэ кини мэнээктии илик. Арай, кырдьык эбитэ дуу, сымыйа эбитэ дуу, “андаатар Таатта үрэх быһыттарын курдары сүүрэн кэбиһэн таатталары ууга ыытта” диэн сурах баар. Дьиҥэр, үп-ас баара буоллар киһи итини иҥэн-тоҥон үөрэтиэ, туох эрэ быһаарыныы ылыныа этэ.
-- Син биир барыта үпкэ-аска тиийэн иҥнэр?
-- Оннук. Уопсайынан, билигин ханнык да дойдуга кыыл атын көрүҥүн киллэрбэт буола сатыыллар. Арассыыйа билимин акадьыамыйатыгар онно анаан анал салаа тэрийиэхтэрин баҕараллар. Оттон сэбиэскэй кэмҥэ, төттөрүтүн, киллэрэллэр этэ. Холобур, Алтаай тииҥин Крымҥа ыыппыттара. Онтулара, итии дойдуга тиийэн, тириитэ туһата суох буолбута, мэнээктээн виноград плантацияларын эспитэ. Саха сиригэр, Баргузин кииһин, андаатары киллэрбиттэрэ. Олохтоох киис билигин Өлөөн, Эдьигээн эрэ диэки хаалан турар.
Уопсайынан, кэлин үп-ас көрүллүбэт буолан, кииһи бултуур киһи аҕыйаата. Дьиҥэр, киис ахсаанын бултаан эрэ аҕыйатыахха сөп. Оттон киис бултамматын түмүгэр мас көтөрө, тииҥ, солоҥдо, кырынаас аҕыйыыллар.
Үрүҥ эһэ
-- Кэнники сылларга хоту улуустарга үрүҥ эһэ биллэр буолла дииллэр.
-- Итини, аан дойду бүттүүн итийиитин (глобальное потепление) кытта сибээстиэххэ сөбө эбитэ буолуо. Холобур, Аллараа Халымаҕа 2005 сыллаахтан материкка тахсар буоллулар. Ол туһунан хаһыакка эҥин суруйан тураллар.
-- Тоҕо оннугуй?
-- Ити, бастакытынан, байҕал мууһа ууллуутун кытта ситимнээх. Иккиһинэн, муора арыытыгар тахсыахтарын, муус хойутаан турар. Инньэ гынан материкка киирэргэ күһэллэллэр.
Дьабарааскы уонна кырыыса
-- Дьабарааскы диэн кыыллаахпыт. Тоҕо кини өрүс арҕаа эрэ өттүгэр үөскүүрүй?
-- Дьабарааскы былыр былыргыттан үөскээбит сиригэр эрэ олохсуйар. Холобур, Саха сиригэр “уһун кутуруктаах” диэн көрүҥэ баар. Истиэпкэ үөскүүр көрүҥ. Онон, истиэп (киллэм сир) баарын тухары мантан ырааппат. Холобур, Кэбээйи эҥээр бардаҕына, тайҕа саҕаланар, ирбэт тоҥ наһаа чугаһыыр, хороон хастара уустугурар. Оттон кыһынын кини утуйар, өрүһү туораабат, сатаан харбаабат даҕаны.